1965 сыллаахха Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии актыыбынай кыттыылааҕа, Кыһыл Сулус, Албан Аат орденнар кавалердара Прокопьев Георгий Георгиевич, оскуола директора Ушницкай Петр Николаевич саҕалааһыннарынан сэрии ветераннарын, өлбүт буойуннар тустарынан бастакы ахтыылар хомуллан барбыттара. Сэбиэт исполкомунан комиссия тэриллэн, үгүс ирдиир-чинчийэр үлэ ыытыллан, ахтыылар хомуллан история балайда чөмчөтүллүбүтэ.

Билигин дойду байыаннай архыыптара аһыллан, үлэ тэнийэн истэҕин аайы дьоммут ааттара-суоллара эбии чопчуланан иһэллэр.

Онон билиҥҥи даннайынан сэрии сылларыгар Сыҥаах уонна II Суотту нэһилиэктэриттэн сэриилэһэр армияҕа 104 киһи ыҥырыллыбыта чуолкай билиннэ. Кинилэр төрөөбүт алаастарыттан Чурапчы, Нам оройуоннарын, Дьокуускай куорат байыаннай комиссариаттарынан хомуллан сэриигэ барбыттара. 53 хорсун-хоодуот уолаттарбыт төрөөбүт буордарыгар эргиллибэтэхтэрэ: кыргыһыы толоонугар охтон атын сир буоругар көмүллүбүттэрэ, сураҕа суох суппуттэрэ, бааһыран, ыалдьан суорума суолламмыттара. Уоттаах сэрииттэн 53 киһи Ийэ буордарыгар, төрөөбүт алаастарыгар төннүбүттэрэ. Үгүстэрэ бааһыран, доруобуйалара биллэ мөлтөөн кэлбиттэрэ. Ол да иһин буолуо, сэрииттэн эргиллибит 6 киһи сэриигэ ылбыт эчэйиилэрин содулуттан 50 саастарыгар тиийбэккэ кун сириттэн барбыттара. Сэрииттэн эргиллибиттэр үгүстэрэ элбэх мэтээллэргэ, орденнарга тиксибэтэхтэрэ, ол эрээри Ийэ дойду көмүскэлигэр саа-саадах тутан кыргыспыттарынан, ол туһугар хааннарын тохпуттарынан сокуоннайдык киэн тутталлара. Киһи аймах историята билбэтэх алдьархайдаах сэриититтэн тыыннаах ордубуттарыттан үөрэллэрэ. Дойдуларыгар кэлээт, эйэлээх олох күүрээннээх үлэтигэр эмиэ инники күөҥҥэ сылдъыбыттара, ыччаты патриотической иитиигэ актыыбынайдык кыттыбыттара. Ийэ дойду көҥүлүн, тутулуга суох буолуутун иһин охтубут буойуннарга үйэ саас тухары албан аат!

А. С. Сокольникова, кыраайы үөрэтээччи

  1. Алексеева Евдокия Семеновна
  2. Алексеева Прасковья Ивановна
  3. Алексеева Евдокия Николаевна
  4. Алексеева Прасковья Ивановна
  5. Алексеева Пелагея Михайловна
  6. Алексеева Мария Федоровна
  7. Алексеева Мария Петровна
  8. Алексеева Акулина Дмитриевна
  9. Алексеева Анастасия Петровна
  10. Алексеева Анна Васильевна
  11. Алексеева Елена Николаевна
  12. Алексеева Анастасия Петровна
  13. Алексеева Ксения Николаевна
  14. Алексеева Анна Романовна
  15. Алексеева Александра Дмитриевна
  16. Аржакова Екатерина Саввична
  17. Алексеева Варвара Егоровна
  18. Аржакова Мария Федоровна
  19. Аржакова Акулина Васильевна
  20. Аржакова Екатерина Саввична
  21. Аржакова Степанида Ивановна
  22. Арсентьева Домна Афанасьевна
  23. Барашкова Татьяна Ивановна
  24. Барашкова Пелагея
  25. Барашкова Елена Ивановна
  26. Барашкова Марфа Сергеевна
  27. Барашкова Екатерина Ф.
  28. Барашкова Ирина Ивановна
  29. Баткина Анна Дмитриевна
  30. Башкина Ирина Сергеевна
  31. Борисова Ксенья Дмитриевна
  32. Бурнашева Марфа Прокопьевна
  33. Васильева Мария Васильевна
  34. Васильева Варвара Сергеевана
  35. Васильева Марфа Ивановна
  36. Габышева Фекла Спиридоновна
  37. Габышева Ирина Трофимовна
  38. Габышева Татьяна Семеновна
  39. Габышева Анна Максимовна
  40. Данилова Мария Романовна
  41. Дмитриева Домна Григорьевна
  42. Дягилева Варвара Прокопьевна
  43. Ефимова Мария Егоровна
  44. Ефимова Татьяна Алексеевна
  45. Жиркова Фекла Ивановна
  46. Жиркова Ульяна Петровна
  47. Заровняева Ирина Прокопьевна
  48. Заровняева Ирина Афанасьевна
  49. Заровняева Елена Николаевна
  50. Константинова Мария Андреевна
  51. Колесова Варвара Владимировна
  52. Константинова Акулина Петровна
  53. Константинова Варвара Семеновна
  54. Константинова Февронья Игнатьевна
  55. Копырина Ксенья Прокопьевна
  56. Кривогорницина Анна Максимовна
  57. Крылова Татьяна Филипповна
  58. Мордовская Матрена Яковлевна
  59. Новоприезжая Акулина Николаевна
  60. Новоприезжая Евдокия Егоровна
  61. Новоприезжая Аграфена Ильинична
  62. Олесова Фекла Иосифовна
  63. Охлопкова Мария Иннокентьевна
  64. Охлопкова Мария Аммосовна
  65. Парникова Агафья Николаевна
  66. Петухова Акулина Андреевна
  67. Петухова Марфа Николаевна
  68. Петухова Евдокия Леонтьевна
  69. Петухова Екатерина Петровна
  70. Петухова Евдокия Афанасьевна
  71. Прокопьева Варвара Егоровна
  72. Прокопьева Марфа Ивановна
  73. Протопопова Екатерина Котелева
  74. Протопопова Анастасия Васильевна
  75. Пирожкова Мария Мартыновна
  76. Мария
  77. Наталья
  78. Сивцева Матрена Степановна
  79. Титова Евдокия Семеновна
  80. Титова Мария Яковлевна
  81. Троева Мария Степанова
  82. Ушницкая Акулина Алексеевна
  83. Федорова Феодосия Семеновна
  84. Халдеева Агафья Михайловна
  85. Халдеева Ольга
  86. Халдеева Мария Аввакумовна
  87. Халдеева Наталья Федоровна
  88. Черкашина Акулина Самсоновна
  89. Черкашина Акулина Ивановна
  90. Черкашина Матрена Семеновна
  91. Шепелева Парасковья Иннокентьевна
  92. Шелковникова Ксения Филипповна
  93. Шепелева Анастасия Семеновна
  94. Шепелева Февронья Семеновна
  95. Ширяева Мария Ивановна